4 Оо, Үрдүктэн Үрдүкү, миэхэ куттал суоһаатаҕына, Эйиэхэ мин эрэнэбин.
Христос өссө сиргэ сылдьан, Кинини өлөр өлүүттэн быыһыыр кыахтаах Таҥара иннигэр туран күүскэ ааттаһан, хараҕын уутун тоҕон, истиҥ ытыктабылынан көрдөһүүтүн ылыннарбыта.
Мин билэбин: Эн тапталыҥ үйэлэр тухары уларыйбат, Эн кырдьыгыҥ халлааннар курдук бигэ – тулхадыйбат.
Абыраа-аһын, Айыы Тойон, сырам-сылбам быһынна; Айыы Тойон, үтүөрт, уҥуоҕум халыр босхо барда.
«Билигин дууһам долгуйда. Тугу этиэмий? „Аҕаа! Бу чаастан Миигин быыһаан ыл!“ диэм дуо? Бу чаас туһугар Мин кэлбитим эбээт.