8 Миигин абааһы көрөөччүлэр бары мин туспунан хобугунаһаллар, куһаҕаны миэхэ оҥорорго сананаллар,
Аллилуия. Айхаллааҥ, Айыы Тойон кулуттара, айхаллааҥ Айыы Тойон аатын.
Уолум! Мин үөрэппит үөрэхпин умнума, кэскиллээх кэс тылбын сүрэххэр сөҥөрөн сырыт.
Иисус эппитэ: «Мин аһылыгым Миигин Ыытааччы көҥүлүн толоруу уонна Кини үлэтин ситэрии буолар.
Өйбүнэн-сүрэхпинэн Таҥара Сокуонун биһириибин
Тоҕо диэтэххэ, Кини Уола элбэх бырааттыылартан улаханнара буоларын туһугар, Таҥара эрдэттэн, өссө төрүү да иликтэриттэн, билбит дьонун Бэйэтин Уолугар холоонноох буоларга анаабыта.
Эһиги Христос суруйбут суругунаҕыт; бу сурук биһиги үлэбит түмүгэр чэрэниилэнэн буолбакка, Тыыннаах Таҥара Тыынынан, суорба таас ньууругар буолбакка, сүрэх-быар ньууругар суруллубутун, эһиги бэйэҕитинэн көрдөрөҕүт.