5 Мин эппитим: «Айыы Тойон, миигин абыраа, үтүөрт мин дууһабын; Эйигин утары аньыыны оҥорбуппун».
Хайдах биһиги, туора дойдуга сылдьаммыт, Айыы Тойон ырыатын ыллыахпытый?
Улуутумсуктар миэхэ угаайы оҥорбуттар, туһах, доҕуур ииппиттэр, суол ортотугар сохсо туруорбуттар. Села
Туругурдун ыраахтааҕы! Киниэхэ Аравия кыһыл көмүһүттэн биэриэхтэрэ; кини туһугар өрүү үҥүөхтэрэ, кинини күннэтэ алгыахтара.
Эн туоһулуур кырдьыгыҥ бигэттэн бигэ; Эн Дьиэҥ, Айыы Тойон, үйэлэр тухары сибэтиэй.