Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Саалтыр 38:6 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

6 Эн миэхэ биэрбит күнүҥ-дьылыҥ баара-суоҕа биир-икки сүөм эрэ буолуоҕа, мин үйэм Эн хараххар дуона суох. Чахчы даҕаны, киһи олоҕо сиккиэр тыал эрэ. Села

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Саалтыр 38:6
13 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Хара дьайдаах киһи эрэйэ-буруйа хаҥыыр, оттон Айыы Тойоҥҥо эрэнээччини бигэ таптал харыстыыр.


Тоҕо санньыйаҕын, дууһам миэнэ? Тоҕо айманаҕын? Таҥараҕа эн эрэн; мин өссө да Кинини айхаллыаҕым, Быыһааччыбын, Таҥарабын.


Айыы Таҥара, былыр өбүгэлэрбит саҕана Эн хайдахтаах дьайыылары оҥорбуккун биһиги эт кулгаахпытынан истибиппит – аҕаларбыт ону биһиэхэ кэпсээбиттэрэ.


Өлбүттэр аны Эйигин өйдөөбөттөр; үтүгэн түгэҕэр ким Эйигин айхаллыаҕай?


Айыы Тойон, Аанньал сэриитин Таҥарата, ким баарый Эн курдук күүстээх, Айыы Тойон? Эн кырдьыгыҥ тулаҕар илэ-бодо көстөр.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ