11 Оо, уурат миигин охсоргун, Эн охсор илиигиттэн ийэ этим илдьирийдэ.
Өрө көтөҕүллүҥ Айыы Тойонтон, үөрүҥ, кырдьыктаахтар; өрөгөйдөөҥ бука бары, көнө сүрэхтээхтэр.
Эн буолаҕын кини килбиэннээх күүһэ; Эн үтүөҕүнэн биһиги кыайыыны ситиһэбит.
Ол эрээри бу барыта, пророктар суруйбуттара туоларын туһугар, буолла». Онуоха үөрэнээччилэрэ бука бары Кинини хаалларан, куотан хаалбыттара.
Иисуһу тутан архиерей дьиэтигэр илдьибиттэрэ. Петр ыраахтан батыһан испитэ.
Маны Иисуһу билэр дьон бары уонна Кинини Галилеяттан ыла батыһан кэлбит дьахталлар ыраахтан көрөн турбуттара.
Кэм-кэрдии уолдьаһан эрэр, хайыы-үйэ уолдьаста даҕаны: эһиги, Миигин соҕотохтуу хаалларан, хас биирдиигит бэйэҕит суолгутунан барыаххыт; ол эрээри, Мин соҕотох буолбатахпын, Миигин кытта Аҕам баар.