3 Миэхэ Эн охторуҥ хатаннылар, Эн илииҥ ыараханнык тайанна.
Давид псалома. Айыы Тойон – олоҕум сырдыга, мин Быыһааччым; кимтэн мин куттаныамый? Айыы Тойон – халыҥ хаххам, суон дурдам; кимтэн мин дьулайыамый?
Айыы Тойон самныбыт санаалаахтарга чугас, Кини сүөм түспүттэри быыһаан ылар.
Абаран-сатаран да баран, аньыыны оҥостумаҥ, сытан эрэ искитигэр сыаналаан көрүҥ, уоскуйуҥ. Села
Эн миэхэ көмөлөһөргүттэн үөрэммин, мин Эн кынатыҥ хаххатыгар ырыа ыллыыбын.
Айыы Тойоҥҥо ис сүрэххиттэн эрэн – бэйэҥ өйгөр-санааҕар эрэнимэ.
Онтон үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Мин эһигини кумааһынньыга да, матаҕата да, атах таҥаһа да суох ыыппыппар эһиги туох эмэ кыһалҕаҕа ыллара сылдьыбыккыт дуо?» «Суох, туох да кыһалҕаны билбэтэхпит», – дэспиттэрэ.