2 Айхаллааҥ Айыы Тойону лира тыаһынан, ыллааҥ Киниэхэ уон кыллаах арфа доҕуһуолунан.
Иисус Киниэхэ кэлэн иһэр Нафанаилы көрөн этэр: «Бу туох да албына-көлдьүнэ суох дьиҥ чахчы Израиль киһитэ».
Сокуон инниттэн да бу аан дойдуга аньыы-хара баара гынан баран, Сокуон суоҕар аньыы буруйга турбат этэ.
Биһиги бу дойдуга, чуолаан эһиги ортоҕутугар Таҥараҕа сөбүлэтэр курдук аһаҕастык, истиҥник – сирдээҕи муудараска буолбакка, Таҥара илгэлээх үтүө санаатыгар салайтаран олорбуппутун суобаспыт туоһулуурунан киэн туттабыт.
Бу – этэр тылларыгар сымыйаны сыһыарбатах, Таҥара бүрүстүөлүн иннигэр эҥкилэ суох ыраас дьон.