10 Айыы Тойон омуктар сүбэлэрин үрэйэр, норуоттар былааннарын бурайар.
Үөрэнэр үөрэххин болҕой – ситиһиилээх буолуоҥ; Айыы Тойоҥҥо эрэн – дьоллоох буолуоҥ.
Аньыылааҕы хара дьай батыһар, оттон көнө киһи үтүө манньаны ылар.
Биһиги Айыы Тойоммут улуу, Кини сүдү күүстээх, муҥурун булларбат муударай өйдөөх.
Эстэр-быстар күннэрэ кинилэргэ эмискэ үтүрүйэн кэллин, кистээн оҥорбут угаайыларыгар бэйэлэрэ түбэстиннэр; илимҥэ сөрүөстэн кинилэр өллүннэр.
Оттон Эйиэхэ эрэнээччи барыта үөрүөхтүн, үөрүүлээх ырыа аргыстаах буолуохтун өрүүтүн; Эн ааккын таптааччылар Эйигинэн күөн тутталларын туһугар кинилэри Эн араҥаччылаа.
Туох баар куһаҕан төрдө-төрүөтэ – харчы үлүскэнэ. Сорохтор бу үлүскэҥҥэ ылларан итэҕэлтэн туораан, үгүс муҥу-таҥы бэйэлэринэн булуммуттара.
Бэриниилээх буолуу сиртэн үүнэн тахсыаҕа, кырдьык ону халлаантан көрүөҕэ.
Күннээҕи дьыалабар-куолубар, Эн тылгын тутуһаммын, күөмчүһүттэр суолларыттан мин дьалты туттарым.
Уолугар эһиги сүгүрүйүҥ – Кинини кыыһырдан суолга быстарбат туһугар, бэрт сотору Кини уора-кылына уоттуу оргуйуоҕа. Киниэхэ эрэнээччилэр бука бары дьоллоохтор.
Ыалдьан-бохтон сыттаҕына, Айыы Тойон бөҕөргөтүөҕэ. Ыарыйдаҕына, Эн кинини бары ыарыытыттан үтүөрдүөҕүҥ.
«Кыраны-хараны халыылларын, кыһалҕалаахтары ынчыктаталларын иһин, Мин билигин туруом, – диир Айыы Тойон, – уонна, баттаммыттар баҕаларын толорон, кинилэри быыһаан ылыам».