2 Ким Айыы Тойон иннигэр аньыыта аахсыллыбатах, албыны ис тыыныгар киллэрбэтэх, ол дьоллоох.
Алҕаа, дууһам миэнэ, Айыы Тойону, умнума Кини бары үтүө дьайыытын.
Корей уолаттарын псалома. Ырыа. Кини олохтообут куората сибэтиэй хайа үрдүгэр турар.
Ийэтин эмиийиттэн араарыллыбыт оҕолуу, мин дууһабын чуумпурдан уоскутарым; эмиийиттэн араарыллыбыт оҕо курдуга испэр мин дууһам.
Таҥараны ким да хаһан да көрбөтөҕө, ол гынан баран, бэйэ-бэйэбитин таптыыр буоллахпытына, биһиги сүрэхпитигэр Таҥара баар, ол аата Кини таптала биһиэхэ дьиҥ чахчы сиппит-хоппут.
Мин Эппин сиир, Мин Хааммын иһэр киһи Миигин кытта биир буолар, Мин эмиэ кинини кытта бииргэбин.
Эһиэхэ этэбин: Таҥара бэрт сотору кинилэри көмүскүөҕэ. Ол эрээри Киһи Уола сиргэ кэлэн, итэҕэли булуо дуо?»
Аны билигин кулгааххын чөрбөтөн муударай өйдөөхтөр тылларын иһит, эйиэхэ үөрэтэрбин болҕойуоххунан болҕой.
Үөһэттэн илиигин уунаҥҥын, миигин өрүһүйэн ыл, быыһаа бу дириҥ ууттан, туора уустар илиилэриттэн,
оттон Эн, Айыы Тойон, үйэлэр тухары үрдүккүн.
Ким Үрдүктэн Үрдүк көмөтүнэн олорор, Күүстээхтэн Күүстээх күлүгэр хорҕойор,
Хуор салайааччытыгар. «Кэс Тыл сардаанатын» матыыбынан. Асаф псалома.
Айыы Тойон Таҥарам, Эйиэхэ мин эрэнэбин; бары күөмчүһүттэрбиттэн миигин быыһаа, өрүһүй.
Холоон көр миигин, Айыы Тойон, тургутан көр, ис дууһабын, сүрэхпин чинчийэн көр.