7 Туһата суох эмэгэттэргэ эрэнээччилэри абааһы көрөбүн. Айыы Тойоҥҥо эрэнэбин.
Онтон Кини, ууларын хааҥҥа кубулутан, балыктарын тумнарбыта.
Үөһэттэн илиигин уунаҥҥын, миигин өрүһүйэн ыл, быыһаа бу дириҥ ууттан, туора уустар илиилэриттэн,
Айыы Тойон Таҥарабыт үтүө сыһыана биһиэхэ тосхойдун. Ситиһиитэ бэлэхтээ биһиги үлэбитигэр, оҥорбуппутун барытын бөҕөргөт.
Ким кыраны-кыамматы умнубат, ол дьоллоох. Кыһалҕалаах күнүгэр кинини Айыы Тойон быыһыаҕа,
кистээн миэхэ оҥорбут угаайыларыттан миигин таһаар; Эйигин мин дурда-хахха туттабын эбээт.
Оттон Эйиэхэ эрэнээччи барыта үөрүөхтүн, үөрүүлээх ырыа аргыстаах буолуохтун өрүүтүн; Эн ааккын таптааччылар Эйигинэн күөн тутталларын туһугар кинилэри Эн араҥаччылаа.
Биһиги аньыыбытыгар тоҕоостоох харданы Кини оҥорботоҕо, биһиги буруйбутугар сөптөөх төлөбүрү ылбатаҕа.
Эн хайа да киһитээҕэр кэрэҕин; тылыҥ-өһүҥ Эйиэнэ илгэлээх үтүөнэн аллар, ол курдук Таҥара Эйигин үйэлэргэ алҕаабыт.
Хуор салайааччытыгар. Давид псалома. Айыы Тойоҥҥо мин эрэнэбин; хайдах эһиги миэхэ этэҕитий: «Чыычаах буолан, хайаҕар көтөн хаал, – диэн, –