4 Ол эрэн, Айыы Тойон, Эн буолаҕын мин көмүскэнэр куйаҕым, албан аатым, Эн өрө көтөҕөҕүн мин санньыйбыт төбөбүн.
Баран иһэбин дуу, сынньана олоробун дуу, миигин, ытыска уурбуттуу, көрөҕүн, суолбун-ииспин бүтүннүү анаараҕын.
Күн күҥҥэ ону сэһэргиир, түүн түүннүүн билиитин үллэстэр.
«Мин Бэйэм талбыт Ыраахтааҕыбын сибэтиэй хайам Сион үрдүнэн туруорбутум».
Алгыс буоллун Айыы Тойоҥҥо! Кини мин ааттаһар саҥабын иһиттэ.
Айыы Тойон саҥата уот төлөнүн саҕар,
Саакка-суукка киирэн сурахтара суйданнын мин дууһабар турунааччылар. Атахха биллэрэн ааттара алдьаннын миигин утары куһаҕаҥҥа куомуннаһааччылар.
Айанныыр суоллара хараҥа, халтараан буолуохтун, Айыы Тойон Аанньала кинилэри сойуолуохтун.
Эн, атын омуктары үүртэлээн баран, кинилэр сирдэригэр өбүгэлэрбитин олордубутуҥ; туора биис уустарын сууһартаан баран, норуоккар көҥүлү тосхойбутуҥ.
Сокуона суохтары Эн суолгар мин үөрэтиэм, оччоҕо аньыылаахтар Эйиэхэ эргиллиэхтэрэ.
Эн миэхэ көмөлөһөргүттэн үөрэммин, мин Эн кынатыҥ хаххатыгар ырыа ыллыыбын.
Бэриниилээх буолуу сиртэн үүнэн тахсыаҕа, кырдьык ону халлаантан көрүөҕэ.
Кырдьан да баран, кини ас биэрэ туруоҕа, киил бэйэлээх, чэгиэн буолуоҕа;
Айыы Тойон көнө сүрэхтээхтэри өрүһүйэрдии өрүү бэлэм турар, Кини омнуота суох олохтоохторго дурда-хахха буолар,
Көрдөһүҥ, оччоҕо эһиэхэ бэриллиэҕэ; көрдөөҥ, оччоҕо булуоххут; тоҥсуйуҥ, оччоҕо эһиэхэ ааны аһыахтара.
Ким эһигиттэн эрэйи көрөр – Таҥараҕа үҥтүн. Ким үөрэр-көтөр – псаломнары ыллаатын.