8 Сүрэхпэр: «Миигин көрдөөҥ», – диэн, Эн этэриҥ иһиллэр. Мин Эйигин көрдүөм, Айыы Тойон.
Оччоҕо мин Таҥара сиэртибэнньигэр, дьолум-үөрүүм Таҥаратыгар тиийиэҕим, арфаны дьүрүһүтэн, Эйигин айхаллыаҕым, Айыы Таҥара, мин Таҥарам.
Кэрэмэн килбиэн биһиги сирбитигэр сатыылыырын туһугар, Киниттэн куттанар дьону быыһыырга Кини бэлэм.
Үс күн буолан баран Иисуһу Таҥара Дьиэтиттэн булан ылбыттара. Иисус үөрэтээччилэр ортолоругар кинилэри истэ, ыйыталаһа олороро.
Иисус эппитэ: «Миигин тоҕо көрдөөтүгүт? Мин Аҕам Дьиэтигэр буолуохтаахпын эһиги билбэт этигит дуо?»