Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Саалтыр 26:11 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

11 Айыы Тойон, миигин үөрэт Бэйэҥ суолгар, көнө суолунан сирдээ өстөөхтөрүм тустарыгар.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Саалтыр 26:11
19 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Айыы Тойон, иһит мин үҥэрбин; мин энэлийэр саҥам Эйиэхэ тиийиэхтин.


Давид псалома. Айыы Тойон – олоҕум сырдыга, мин Быыһааччым; кимтэн мин куттаныамый? Айыы Тойон – халыҥ хаххам, суон дурдам; кимтэн мин дьулайыамый?


Кыһалҕалаах күҥҥэр Миигин ыҥыр; Мин эйигин өрүһүйэн ылыаҕым, оччоҕо эн Миигин айхаллыаҕыҥ».


«Иһит, норуотум, Мин этэрбин; Израиль! Мин эйигин утары туоһулуубун. Мин Таҥарабын, эйиэхэ Таҥараҥ буолабын.


Иккиэн Айыы Тойон кэриэстэрин, ыйыыларын-кэрдиилэрин – барытын эҥкилэ суох толорор буолан, Таҥара иннигэр көнө дьон этилэр.


Эһиги, итэҕэйээччилэр, иннигитигэр биһиги сибэтиэйдик, кырдьыктаахтык, эҥкилэ суох олорбуппутун бэйэҕит туоһулуугут, Таҥара да туоһулуо.


Христос биһигини хара дьайга кулуттааһынтан толуйан ылаары, үтүөнү оҥорорго ис дууһатыттан дьулуһар ураты норуот гына Бэйэтигэр ыраастаан ылаары, олоҕун толук уурбута.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ