3 Эйиэхэ эрэнээччилэртэн ким да кыбыстыбатын, Эйигин утары уодаһыннаахтык туруммут, ол сааттын.
Давид ырыата. Араҥаччылаа миигин, Айыы Таҥара, Эйиэхэ мин эрэнэбин.
«Мин Бэйэм талбыт Ыраахтааҕыбын сибэтиэй хайам Сион үрдүнэн туруорбутум».
Сир бүттүүнэ Эйиэхэ сүгүрүйүөҕэ; Эйигин ырыанан айхаллыахтара, Эн ааккар ыллыахтара!» Села
Киэр эргиллимэ кулуккуттан, тиэтэй миигин истэргэ – мин иэдээҥҥэ түбэстим.
«Тойонуом! Эн ханна бараҕыный?» – диэн ыйыппыта Симон Петр. «Мин барар сирбэр билигин эн Миигин кыайан батыһыаҥ суоҕа, – Иисус хоруйдаабыта, – ол эрээри кэлин батыһан барыаҥ».
Иисус эппитэ: «Мин Аҕабар өссө тахса иликпин, онон Миигин таарыйыма. Бырааттарбар баран Мин этэрбин тиэрт: Мин Бэйэм Аҕабар уонна эһиги Аҕаҕытыгар, Бэйэм Таҥарабар уонна эһиги Таҥараҕытыгар тахсабын».
Онон тулхадыйбат Саарыстыбаны ылар дьон биһиги Таҥараҕа махтана сылдьыах тустаахпыт уонна Киниэхэ сөбүлэтэр курдук, дириҥ ытыктабыллаахтык, Киниттэн толлон-торуттан туран сулууспалыахтаахпыт.