3 Ким Айыы Тойон хайатыгар тахсыаҕай? Ким Кини сибэтиэй сиригэр туруоҕай?
Айхаллаатыннар кинилэр Айыы Тойону бигэ тапталын иһин, киһи аймахха оҥорор сөҕүмэр дьайыыларын иһин.
Билигин мин билэбин: Айыы Тойон Бэйэтин ыраахтааҕытын быыһыаҕа; уҥа илиитинэн кинини өрүһүйэн, сибэтиэй халлааныттан хардарыаҕа.
Тылбыттан матан саҥата суох сылдьарым саҕана уһун күнү быһа ынчыктыырбыттан уҥуоҕум улугурбута.
Эн ыар илиигиттэн күннэри-түүннэри эрэйдэммитим, чэгиэн бэйэм, сайыҥҥы курааҥҥа курдук, кэхтибитим. Села
Үҥүүгүн таһааран, сүгэҕин тутаҥҥын, туора тур миигин сойуолааччылар суолларыгар; итиэннэ, эйигин быыһаан ылыам диэҥҥин, эрэннэр мин дууһабар.
Оттон мин, Эн муҥура суох үтүөҕүнэн, Эн Дьиэҕэр киириэм; Эйигиттэн толлон тураммын, сибэтиэй Храмҥар сүгүрүйүөм.
Оттон мин Таҥара Дьиэтигэр көҕөрө чэлгийэр маслина маһын кэриэтэбин; Таҥара бигэ тапталыгар мин эрэнэбин үйэттэн үйэлэр тухары.
Эн Египеттэн виноград умнаһын аҕалаҥҥын, ону, омуктары үүрэн баран, кинилэр сирдэригэр олорпутуҥ.
Эн миэхэ бигэ тапталыҥ муҥура биллибэт сүдү; мин дууһабын Эн үтүгэн түгэҕиттэн өрүһүйдүҥ.
Мин эйиэхэ муударас ыллыгын ыйабын, көнө суолунан эйигин сирдиибин.
Миигин таптааччылары байытан биэрэр, кинилэр күндү баайдарын толоро турар туһугар, мин кырдьык аартыгынан сылдьабын, көнө дьүүл суолун тутуһабын.
Онон килбиэннээх үтүөтүн – Тапталлаах Уолунан биһиэхэ биэрбит бэлэҕин иһин Таҥараны айхаллыаҕыҥ.
Таптыыр дьоммун, итэҕэстэрин көрдөрөн туран, дьарыйабын, онон дьаныардаах буол, аньыыгын билин.