7 Оттон мин чиэрбэбин, киһи буолбатахпын, дьон элэгэр, норуот сэнэбилигэр сылдьабын.
Хараҕыҥ харатыныы, миигин харыстаа, кынатыҥ хаххатыгар саһыар
Үчүгэй даҕаны Айыы Тойону айхаллыыр, Үрдүктэн Үрдүк, Эн ааккар ырыа ыллыыр,
Давид псалома. Айыы Тойон – олоҕум сырдыга, мин Быыһааччым; кимтэн мин куттаныамый? Айыы Тойон – халыҥ хаххам, суон дурдам; кимтэн мин дьулайыамый?
Таҥара кэрэмэн килбиэнин мэҥэ халлаан кэрэһилиир, Кини ураннаан оҥорбутун улуу куйаар туоһулуур.
Айыы Тойону мин айхаллыам бүтүн сүрэхпинэн, Эн бары дьикти дьайыыгын иһитиннэриэм.
Итиэннэ: «Инникитин да Мин Киниэхэ эрэниэм, – диэн баран, эбэн этэр: – Таҥара Миэхэ биэрбит оҕолорун кытта Мин бу баарбын».
Эрэнэрэ бэрдэ дии, Таҥара Кинини сөбүлүүр буоллаҕына, билигин эрэйтэн быыһаатын ээ. Таҥара Уолабын дэнэр этэ буолбаат!»
Хаһааҥҥа диэри эһиги киһиэхэ саба түһэҕит, иҥнэйбит эркиннии, үрэллибит бүтэйдии, кинини сууллара сатыыгыт?
Таҥара көнө дьону кытта сылдьарын иһин, кинилэр онно улуу кутталга ылларыахтара.
Онон, баҕар, сир да дьигиһийэ хамсаатын, хайалар да байҕал түгэҕэр сиҥнэн түстүннэр, биһиги онтон куттаныахпыт суоҕа.
Дьэ онтон, Таҥара Дьиэтигэр киирэн тураммын, мин өйдөөбүтүм кинилэр муҥур уһуктарын.