8 Ыраахтааҕы Айыы Тойоҥҥо эрэнэр, Үрдүктэн Үрдүк үтүөтүнэн кини тулхадыйбат.
Дабайыы ырыата. Айыы Тойон билиэнтэн Сиоҥҥа төнүннэрэригэр, биһиги түһээн сылдьарга дылы этибит.
Айыы Тойон хараҕа көнө дьону көрөр, Кини кулгааҕа кинилэр үөгүлэрин истэр.
Оттон хара дьайдаахтарга Айыы Тойон утары турунар, кинилэри сир үрдүттэн суола суох соторго сорунар.
Кыргыһыыга киирээри, аттарын бэлэмнииллэр, ол эрээри кыайыыны Айыы Тойон бэлэхтиир.