3 Сүрэҕэ баҕарбытын Эн киниэхэ биэрдиҥ, кини көрдөспүтүн ылынныҥ. Села
Сиону абааһы көрөөччүлэр, сирэйдэрэ саатан, бука бары төттөрү чугуйдуннар;
Айхаллааҥ Айыы Тойону – Айыы Тойон үтүө санаалаах; ыллааҥ Кини аатыгар – Киниэхэ ыллыыр үөрүүлээх.
Кини, Аанньалы көрөн, куттанан: «Тугуй, Айыы Тойон?» – дии түспүтэ. Аанньал эппитэ: «Таҥара эн үҥпүт үҥүүгүн, дьоҥҥо көмөҕүн өйдөөн кэллэ.
Христос биһигини таптаан, биһиги туспутугар Бэйэтин сайа илгийэр кэрэ бэлэх, Таҥараҕа сөбүлэтэр сиэртибэ быһыытынан биэрбитин курдук, эһиги эмиэ тапталынан салайтаран олоруҥ.
Уонна бэйэҕит эмиэ тыыннаах таастар буолаҥҥыт, Таҥара сөбүлүүр духуобунай сиэртибэтин Иисус Христоһунан биэрэр Кини сибэтиэй үлэһиттэрэ буолар туһугар, духуобунай дьиэ буола үүнэн-үрдээн иһиҥ.