2 Таҥара кэрэмэн килбиэнин мэҥэ халлаан кэрэһилиир, Кини ураннаан оҥорбутун улуу куйаар туоһулуур.
Айхаллааҥ Айыы Тойону, бары норуоттар, уруйдааҥ Кинини, бары омуктар!
Күнтэн күн Эйигин мин алгыам, үйэттэн үйэҕэ Эн ааккын айхаллыам.
Давид псалома. Айхаллааҥ Айыы Тойону, Таҥара уолаттара, айхаллааҥ Айыы Тойон кэрэмэн килбиэнин, улуу кыаҕын.
Ким миигин бөҕөргөтүнүүлээх куоракка киллэриэҕэй? Ким миигин Едомҥа тиэрдиэҕэй?
Айыы Таҥара, Эн буолаҕын мин Таҥарам; Эйигин мин көрдүүбүн сарсыарда эрдэттэн, Эйиэхэ дууһам утаппыттыы дьулуһар; бу иччитэх, куура хаппыт, уута суох сиргэ сылдьан, сүрэҕим-быарым Эйиэхэ курдаттыы тардыһар;
Үчүгэй даҕаны Айыы Тойону айхаллыыр, Үрдүктэн Үрдүк, Эн ааккар ырыа ыллыыр,
уон устурууналаах лютнаҕа доҕуһуоллатар, арфалаах лираҕа ырыа таһаарар!
Айыы Тойон аата – халыҥ хахха, суон дурда: кырдьыксыт онно хорҕойон быыһаныаҕа.
Айыы Тойон көнө сүрэхтээхтэри өрүһүйэрдии өрүү бэлэм турар, Кини омнуота суох олохтоохторго дурда-хахха буолар,
Итиэннэ: «Инникитин да Мин Киниэхэ эрэниэм, – диэн баран, эбэн этэр: – Таҥара Миэхэ биэрбит оҕолорун кытта Мин бу баарбын».