Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Саалтыр 16:10 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

10 Сүрэхтэрэ сыа буолан, аһынары умналлар, бэрдимсийэн-үтүөмсүйэн саҥараллар.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Саалтыр 16:10
23 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Оо, Айыы Тойон, Айыы Тойон, күүстээх Өрүһүйээччим, кыргыһыы күнүгэр Эн харыстаатыҥ мин төбөбүн.


Кыһалҕалаах күҥҥэр Миигин ыҥыр; Мин эйигин өрүһүйэн ылыаҕым, оччоҕо эн Миигин айхаллыаҕыҥ».


Айыы Тойон, көнөтүк дьүүллээн, Бэйэтин биллэрдэ, оттон нэгэйи аньыылаах дьайыыта дэҥ үктэттэ. Хиггайон


Айыы Тойон бэл анараа дойдуну курдары көрөр, онон дьон сүрэҕин өтө көрөрө биллэн турар!


Анараа дойду кудуга хаһан да туолбатын курдук, киһи хараҕа эмиэ туохха да туолбат.


«Эйиэхэ халлаантан Сибэтиэй Тыын түһүөҕэ, Үрдүк Таҥара күүһэ сайыаҕа, – диэбитэ Аанньал, – онон Эн төрөтөр Сибэтиэй Оҕоҥ Таҥара Уола диэн ааттаныаҕа.


Биирдэ баай аад иһигэр муҥу көрө олорон, хараҕын өрө көрбүтэ: ыраах Авраам уонна кини күөнүгэр Лазарь олорор эбит.


«Һуой, Эн биһиэхэ тугуҥ кыһалҕатай, Назарет Иисуһа? Биһигини үрэйэ кэлбиккин! Кимҥин мин билэбин, Эн Таҥара Сибэтиэйэҕин!»


Өлбүттэр тиллэллэригэр эмиэ ол курдук буолуоҕа: өлөн-сүтэн буорга угуллар – өлбөт-сүппэт аналлаах туран кэлэр;


үйэттэн үйэлэр тухары баарбын. Өлбүтүм гынан баран, көр бу, аны үйэлэр тухары тыыннаахпын, аминь; аад уонна өлөр өлүү саарыстыбатын күлүүһүн тыла Миэхэ баар.


Муора бэйэтин түгэҕиттэн өлбүттэрин таһаарбыта, өлүү уонна үөдэн түгэҕэ эмиэ өлбүттэрин биэрбиттэрэ; хас биирдии киһи тугу оҥорбутунан көрөн дьүүллэммитэ;


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ