1 Давид ырыата. Араҥаччылаа миигин, Айыы Таҥара, Эйиэхэ мин эрэнэбин.
«Мин Бэйэм талбыт Ыраахтааҕыбын сибэтиэй хайам Сион үрдүнэн туруорбутум».
Итинниктэр эбээт Киниэхэ дьулуһааччылар, Иаков Таҥаратын көрүөхтэрин баҕарааччылар. Села
Ол эрэн, Айыы Тойон, Эн буолаҕын мин көмүскэнэр куйаҕым, албан аатым, Эн өрө көтөҕөҕүн мин санньыйбыт төбөбүн.
Хаһааҥҥа диэри эһиги киһиэхэ саба түһэҕит, иҥнэйбит эркиннии, үрэллибит бүтэйдии, кинини сууллара сатыыгыт?
онтон ыла биһиэхэ абарбат-сатарбат буолбутуҥ, уоттаах уоргун уҕарыппытыҥ.
Эһиги олорор сиргитин бэлэмнээн баран, эргиллэн кэлиэм, итиэннэ эһиги эмиэ Миигин кытта бииргэ буоларгыт туһугар, эһигини Бэйэбэр ылыам.
Аҕаа! Эн Миэхэ биэрбит дьонуҥ Мин баар сирбэр Миигинниин бииргэ буолуохтарын баҕарабын; Эн Миигин бу аан дойду айыллыан инниттэн таптаан биэрбит албан аатыҥ килбиэнин кинилэр көрдүннэр.
Суох, эһиги Сион хайатыгар – Тыыннаах Таҥара куоратыгар, Халлааннааҕы Иерусалимҥа, аата ахса биллибэт Аанньалларга,
Көрбүтүм, арай Сион хайатын үрдүгэр Бараан Оҕото турара, аттыгар сүүс түөрт уон түөрт тыһыынча киһи – сүүстэригэр Кини Аҕатын аата суруллубут дьоно – турара.