3 Үҥкүүнэн Кини аатын айхаллаатыннар; тимпан, лира доҕуһуолунан Киниэхэ ыллаатыннар.
Олоҕум санаарҕабылга баранна, күммүн-дьылбын энэлгэн эҥээрдэстэ; аньыым-харам миигин алларытан, уҥуохтарым куура хаттылар.
Айыы Тойону алгыаҕым хайа да кэмҥэ, Кинини уруйдуурбун ууратыам суоҕа.
«Хаһааҥҥа диэри эһиги кырдьыгы токурутан дьүүллүүгүт, хара дьайдаахтары өрө тутаҕыт? Села
Дьадаҥы, тулаайах дьыалатын эһиги быһаарыҥ, баттаммыт-үктэммит, кыһалҕалаах кырдьыгын таһаарыҥ.
Эн миигин дириҥ иин түгэҕэр, им балай аҥхайга түһэрдиҥ.