1 Аллилуия. Айхаллааҥ Айыы Тойону халлааннартан, айхаллааҥ Кинини халлааннар уҥуордарыттан.
Күн күөрэйиитэ кинилэр эргийэн кэлэллэр, ордууларыгар киирэн сыталлар.
Аллилуия. Үчүгэй даҕаны Таҥарабытыгар айхал ыллыырбыт! Үөрүүлээх даҕаны Кинини сиэрдээхтик айхаллыырбыт!
Эн халаан уутунуу, дьону сотон бараҕын; киһи түүл кэриэтэ, сарсыарда үүнэн тахсыбыт от кэриэтэ;
Иисус иннигэр-кэннигэр иһэр дьон халыҥ халҕаһалара: «Осанна Давид Уолугар! Айыы Тойон аатыгар Кэлэн Иһээччи алгыстаах! Осанна мэҥэ халлааҥҥа!» – диэн хаһыытаһаллара.