Онуоха ойоҕо Зерешь уонна доҕотторо бука бары сүбэлээн, киниэхэ эппиттэрэ: «Эн биэс уон тоҕонох үрдүктээх остуолба маһы бэлэмнэт, итиэннэ сарсыарда ыраахтааҕыга тиийэн ол маска Мардохейы ыйаан кэбиһэригэр көрдөс. Дьэ ол кэнниттэн ыраахтааҕыны кытта малааһыҥҥа үөрэ-көтө барыс». Аман ити эппиттэрин сөбүлээн, остуолба маһы туруоралларыгар дьаһайбыта.