2 Айхаллаа, дууһам миэнэ, Айыы Тойону!
Ол иһин кинилэр билигин Таҥара бүрүстүөлүн иннигэр сылдьаллар, түүннэри-күнүстэри Киниэхэ Дьиэтин иһигэр сулууспалыыллар; бүрүстүөлгэ Олорооччу кинилэргэ Бэйэтинэн халыҥ хахха, суон дурда буолуоҕа.
Ыраахтааҕы охсуллар ходуһаҕа түһэр самыырга, сир үрдүн ньүөлсүтэр ардахха холоонноох буолуоҕа.
Ол эрэн: «Кинилэр курдук тыллаһыам», – диэбитим буоллар, Эн норуотуҥ иннигэр буруйдаах тахсыах эбиппин.
Халыҥ былыт, им балай хараҥа Кинини тулалыыр; Кини бүрүстүөлүн тирэҕэ – көнө дьүүл, кырдьыктаах быһыы.
Айыы Тойон Иерусалимы чөлүгэр түһэрэр; Израильтан үүрүллэн барбыты төнүннэрэр.