11 Өрүһүйэн ыл миигин, быыһаа туора уустар илиилэриттэн – албын-көлдьүн тыллаахтартан, сымыйанан андаҕайааччылартан.
Ханна барыамый Эн Тыыҥҥыттан? Ханна куотуомуй Эйигиттэн?
Давид псалома. Алгыс буоллун Айыы Тойоҥҥо, мин очуос хайабар! Кини миигин сэриилэһэргэ үөрэтэр, кыргыһарга бэлэмниир;
Оттон мин омнуота суох көнө суоллаахпын; өрүһүй миигин, абыраа-аһын.
Давид үөрэтиитэ. Ким буруйа-сэмэтэ бырастыы гыныллыбыт, аньыыта-харата суола суох сотуллубут, ол дьоллоох.
Туох да төрүөтэ суох миэхэ өстүйээччилэр миигин сэтэрээбэтиннэр; буруйа суоҕум үрдүнэн абааһы көрөөччүлэр бэйэ-бэйэлэригэр имнэммэтиннэр;
Кини Эн дьоҥҥун көнөтүк дьүүллүөхтүн, Эн дьадаҥыларгын кырдьыгынан көрүөхтүн.
Иһит, Айыы Тойон, мин үҥэрбин, болҕой ааттаһар саҥабын.