2 Мин көрдөһөрүм Эйиэхэ фимиам буолан тиийиэхтин, икки илиибин өрө уунарым киэһээҥҥи сиэртибэм буолуохтун.
Айыы Тойон эйигин бары дьайтан харыстыаҕа, Кини эн олоххун харыстыаҕа.
Төрүөхпүттэн мин Эйиэхэ бэриллибитим, ийэм иһигэр эрдэхпиттэн Эн миэхэ Таҥарам этиҥ.
Айыы Тойон буоллун эн дууһаҥ дуоһулаҥа, оччоҕо Кини сүрэҕиҥ баҕатын толоруоҕа.
Эн киһини, аньыытын иһин дьарыйан, кини тугу күндүргэппитин барытын, үөн быһа сиэбит таҥаһыныы, эһэҕин; чахчы даҕаны, киһи диэн сиккиэр тыал эрэ. Села
Халлааннар уҥуордарынан айхаллан, Айыы Таҥара, бүтүн сир үрдүнэн көһүннүн Эн килбиэниҥ.
Айыы Таҥара, Эн биһигиттэн аккаастанныҥ, биһиги бөҕөргөтүнүүлэрбитин үрэйдиҥ; Эн биһиэхэ уордайдыҥ; оо, ол да буоллар, эргилин!
Эн сүдү күүскүн, кэрэмэн килбиэҥҥин көрөөрү, мин тиийэн кэлиэм этэ Эн сибэтиэй Дьиэҕэр!
Куһаҕаны торумнааччы сүрэҕэ уодаһыннаах, эйэни тэрийээччи сүрэҕэ үөрүүлээх.