3 кими да баһааҕырдан саҥарбат, доҕотторугар куһаҕаны оҥорбот, ыалын утары хобу-сиби ылыммат киһи;
Давид псалома. Айыы Тойон, ким олорор кыахтааҕый Эн ытык Отуугар? Ким олохсуйар кыахтааҕый Эн сибэтиэй хайаҕар?
Кини миэхэ үтүөтүк сыһыаннаһар, дурда-хахха буолар; Кини мин кириэппэһим, мин Өрүһүйээччим, харым куйаҕа, эрэнэр эрэлим; Кини миэхэ норуоппун бас бэриннэрэр.
Дьэ онуоха мин хоммут уоспун хоҥнорбутум: «Этэн кулу дуу миэхэ, Айыы Тойон, бүтэр уһукпун, олоҕум күнэ төһө ордубутун; үйэм хайдаҕын мин билиэхпин баҕарабын.
Хара дьайдаахтартан өрүһүйэн ыл, хаанымсахтартан быыһаа.
тоҕо диэтэххэ, бары аньыыны оҥорбуттара, бары Таҥара килбиэннээх сырдыгыттан маппыттара,
Кыбыһынныннар диэн этэбин: ама биир итэҕэллээх бырааттарын дьыалаларын быһааран биэрэр кыахтаах, үтүө өйдөөх киһи бэйэҕит ортоҕутугар суох үһү дуо?
Онон, таптыыр бырааттарым, биһиги, маннык эрэннэриини истибит дьон, эппитин-сииммитин, дууһабытын киртитэр бары куһаҕантан ыраастанан, Таҥараттан толлон тураммыт, сибэтиэй олохтонуоҕуҥ.
Хаһан эрэ биһиги бары эмиэ кинилэр курдук олорон, эппит-хааммыт, өйбүт-санаабыт аньыылаах баҕатын толорон, айылҕабытынан Таҥара суостаах дьүүлүгэр туруохтаах этибит.