3 Онно биһигини билиэн ылбыттар, ыллааҥ дии-дии, ыххайаллара, биһигини күөмчүлээччилэр көрү-нары ирдииллэрэ, «Сион ырыаларыттан иһитиннэриҥ!» – дииллэрэ.
Кини кэлэрин тустаах кэмигэр соҕотох сүҥкэн күүстээх, алгыстаах Таҥара, ыраахтааҕылар Ыраахтааҕылара, тойоттор Тойонноро көрдөрүөҕэ.
Кинилэр Бараан Оҕотун утары охсуһуохтара эрээри, Бараан Оҕото – тойоттор Тойонноро, ыраахтааҕылар Ыраахтааҕылара – кинилэри кыайыаҕа. Таҥара талан ыҥырбыт эрэллээх дьоно Кинини кытта бииргэ сылдьыахтара».
Таҥаһыгар да, өттүгэр да «Ыраахтааҕылар Ыраахтааҕылара, Тойоттор Тойонноро» диэн аат сурулла сылдьар.