4 Ама өйдөнүөхтэрэ суоҕа дуо буруйу оҥорооччулар, мин норуоппун килиэптии мэҥиэстээччилэр, Айыы Тойону ыҥыран көрбөт дьон бука бары?
сири-халлааны сиксигинэн көрө-истэ олороруй?
Холоон көр миигин, Айыы Тойон, тургутан көр, ис дууһабын, сүрэхпин чинчийэн көр.
Айыы Таҥара, Эн буолаҕын мин Таҥарам; Эйигин мин көрдүүбүн сарсыарда эрдэттэн, Эйиэхэ дууһам утаппыттыы дьулуһар; бу иччитэх, куура хаппыт, уута суох сиргэ сылдьан, сүрэҕим-быарым Эйиэхэ курдаттыы тардыһар;
Утуйаары сытан Эйигин өйдөөн кэллэхпинэ, уһун түүнү быһа Эйигин санаатахпына, дууһам, сыаттан, елей арыыттан топпуттуу, дуоһуйар, оччоҕо дьол-үөрүү тылынан мин Эйиэхэ айхал этэбин.
Кыһалҕалаах букатыннаахтык умнуллуо суоҕа, дьадаҥы эрэлэ бүтэһиктээхтик умуллуо суоҕа.
Сидьиҥ киһи сир үрдүгэр тирэҕириэ суоҕа, оттон үтүө киһи бөҕө силистэниэҕэ.