7 Оо, Айыы Тойон! Мин Эйиэхэ кулутуҥ буолабын, кулутуҥ буолабын, кулут кыыһыҥ уолабын. Мин кэлгиэбин Эн сүөрбүтүҥ.
Аллилуия. Айхаллааҥ, Айыы Тойон кулуттара, айхаллааҥ Айыы Тойон аатын.
Таҥараҕа уруйу-айхалы уостарыттан түһэрбэтиннэр, икки биилээх кылыстарын илиилэриттэн араарбатыннар
Эһиги бэйэҕит билэҕит, Таҥараны итэҕэйбэт эрдэххитинэ, ким эрэ эһигини тардан илдьэрин курдук, тыла суох эмэгэттэргэ бара тураргыт.