9 Биһигини буолбатах, Айыы Тойон, биһигини буолбатах – бигэ тапталыҥ уонна кырдьыгыҥ туһугар, Бэйэҥ ааккын албан аатырт.
Айыы Таҥара, Эн билэҕин мин өйө суох быһыыбын, мин буруйбун-аньыыбын Эн курдат көрөҕүн.
Суруйууларга этиллэр: «Үөр-көт, оҕото суох, төрөөбөт дьахтар! Өрөгөйдөө, төрүүр талыыны билбэтэх! Быраҕыллыбыт дьахтар элбэх оҕолоох – эрдээх дьахтардааҕар оҕото элбэх».