6 «Кыраны-хараны халыылларын, кыһалҕалаахтары ынчыктаталларын иһин, Мин билигин туруом, – диир Айыы Тойон, – уонна, баттаммыттар баҕаларын толорон, кинилэри быыһаан ылыам».
Онтон Мерива уутун таһыгар Айыы Тойону кыыһырданнар, Кини уора-кылына Моисей үрдүнэн барбыта.
Мин өрүү Эн суолгунан сылдьарым, биирдэ да бүдүрүйбэтэҕим.
Ким сыыһатын барытын ситэн көрүнүөҕэй? Оо, биллибэт-көстүбэт аньыыбыттан миигин ыраастаа;
Айыы Тойон омуктар сүбэлэрин үрэйэр, норуоттар былааннарын бурайар.
Оо, дьулааҥнын даҕаны Эн! Ким Эн уордайар кэмҥэр иннигэр кэлэн туруоҕай?
онтон Лот Содомтан тахсыбыт күнүгэр халлаантан умайа сылдьар сиэрэлээх ардах түһэн барыларын имири эспитэ.
«Батаскын кыыныгар ас, – диэбитэ Иисус Петрга. – Аҕам Миэхэ биэрбит иһититтэн Мин ама иһиэм суоҕа дуо?»