2 Быыһаа, Айыы Тойон; Таҥараҕа бэриниилээх ким да суох, итэҕэллээх киһи дьон аймахха аны суох.
көр, ол хара дьайдаахтар, ох сааларын аҥаабыллаан, оноҕосторун сааларын кирсигэр ыга тутан, көнө сүрэхтээхтэри хараҥаҕа ытардыы оҥостоллор.
Негев уолбут үрэхтэрин ардах уутунан толороруҥ курдук, Айыы Тойон, билиэн барбыт дьоммутун төнүннэр.
Өстөөх, миигин сонордоон, сиргэ-буорга тэпсэн эрэр, былыр өлбүт дьоннуу им балайга олордор.
Миигиттэн ыраатыма – мин сору-муҥу көрөрүм чугаһаата, көмөлөһүннэриэх киһим кимим да суох.
Айыы Тойон сүбэтэ үйэттэн үйэҕэ барар, Кини сүрэҕин санаата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр.
Оттон мин дьүлэй курдук, истибэппин, тыла суох курдук, саҥарбаппын.
Сири көрөн-истэн, Эн кини утаҕын ханнараҕын, өҥсүтэн биэрэҕин, балысханнык байытаҕын. Таҥара өрүһэ толору уулаах. Эн дьоҥҥо бурдугу биэрээри, сирдэрин бэлэмниигин:
Тохтуохтун хара дьайдаахтар дьайдара, оттон көнө киһини Эн бөҕөргөт, сүрэҕи-быары тургутар, кырдьыгы көрөр Таҥара.
Таҥара – кырдьыктаах судьуйа, хайа да күн кытаанах ирдэбиллээх Таҥара.
Иисуһу дьон билбэтинэн тутан ылан өлөрөргө киксибиттэрэ.