4 Тапталбар хатаанынан хардараллар, оттон мин кинилэр тустарыгар үҥэбин эрэ.
Суолгун Айыы Тойоҥҥо туттар, Киниэхэ эрэн, оччоҕо көмөлөһүөҕэ.
хонуу кыылын-сүөлүн барытын уулаталлар; дьиикэй оселлар эмиэ онтон утахтарын ханнараллар;
Хайалар төрүөхтэрин инниттэн, Эн сири, аан дойдуну үөскэтиэҥ инниттэн үйэттэн үйэлэргэ Эн – Таҥараҕын.
Хайалар барааннар курдук ыстаҥаласпыттара, томтордор бараан оҕолорунуу ойуоккаласпыттара.
Эн халаан уутунуу, дьону сотон бараҕын; киһи түүл кэриэтэ, сарсыарда үүнэн тахсыбыт от кэриэтэ;
Эн улуугун, сөҕүмэр дьайыылары оҥороҕун, Эйигиттэн атын Таҥара суох.