7 Сүүр диэҥ эрэ кэрэх, уу сүүрбүтүнэн барар, Эн сүллэр этиҥиҥ этэриттэн киэр куотар.
Уруй-айхал сиэртибэтин Киниэхэ биэрдиннэр, үөрүүлээх ырыанан Кини дьайыытын иһитиннэрдиннэр.
Кырдьыксыт хаһан да тулхадыйыа суоҕа, үйэлэр тухары умнуллуо суоҕа.
Төһө да тааһы хайа охсубутугар, уу суккуллубутун, үрүйэ сүүрдүбүтүн иһин, килиэби Кини биһиэхэ кыайан биэриэ дуо, норуотун этинэн хааччыйыа дуо?»
Билиэн барбыттар энэлгэннэрэ Эйиэхэ тиийиэхтин; сүдү күүскүнэн өрүһүй өлөргө анаммыттары.
Оо, хаһааҥҥа диэри, Айыы Тойон? Ама үйэлэр тухары кыыһыра сылдьыаҥ дуо? Хаһан Эн күнүүҥ күүдэпчилэнэн бүтэрий?