4 Тыалы-кууһу Эн илдьит гынаҕын, уоту-төлөнү дьөһүөлдьүт оҥостоҕун.
үрүйэлэр аттыларыгар көтөрдөр уйаланаллар, сэбирдэх быыһа барыта – чыычаах күйгүөрэ.
Оо, Таҥарам! Күнүс Эйигин ыҥырабын – хардарбаккын, түүн ыҥырабын – уоскулаҥы булбаппын.
Эн көрбүтүҥ, Айыы Тойон, итини саҥата суох хаалларыма; Айыы Тойон, миигиттэн ыраатыма!
Оттон Эйиэхэ эрэнээччи барыта үөрүөхтүн, үөрүүлээх ырыа аргыстаах буолуохтун өрүүтүн; Эн ааккын таптааччылар Эйигинэн күөн тутталларын туһугар кинилэри Эн араҥаччылаа.
Эн биһигини илимҥэ иҥиннэрбитиҥ, ыар сүгэһэри биһиэхэ сүктэрбитиҥ;
кимий-тугуй киһи диэн, тоҕо Эн кинини өйдүү сылдьаҕын, кимнээҕий ол дьон диэн, тоҕо Эн кинилэргэ кыһаллаҕын?
Аньыыга анньар моһоллору тулуурдаахтык туораабыт киһи алгыстаах: оннук киһи тургутууну тулуйан баран, Айыы Тойон Кинини таптыыр дьоҥҥо биэриэх буолан эрэннэрбит олоҕун мэнньиэһин ылыаҕа.
Дьэ оччоҕо Үрдүкү Маныыһыт тиийэн кэллэҕинэ, эһиги албан аат кэхтибэт мэнньиэһин кэтиэххит.
Кинилэр хаһан да ыллана илик саҥа ырыаны ыллаабыттара: «Эн бааргын кинигэни ылар, бэчээтин төлөрүтэр Улуу Кыахтаах! Эн толук сиэртибэ буолбутуҥ, хас биирдии биис уустан, тылтан, норуоттан, омуктан биһигини Таҥараҕа анаан Хааҥҥынан толуйбутуҥ,