5 Чугастааҕытын кистээн холуннарааччыны мин суох оҥоруоҕум; улахамсыйа, бэрдимсийэ туттааччыны тулуйа барыам суоҕа.
Кинилэргэ чыычаахтар уйаланаллар; харыйаларга эһирдэр дьиэлэнэллэр.
Айхаллааҥ Айыы Тойону үтүө санаалааҕын иһин; Кини бигэ таптала – үйэлэр тухары.
Ырыа. Давид псалома.
Таҥара сибэтиэй Дьиэтиттэн эрэннэрдэ: «Мин Сихем сирин, өрө көтөҕүллэн туран, үллэриэм, Сокхоф хочотун усталаах туоратын мээрэйдиэм.
Халлааҥҥа тахсыам дуу – онно Эн бааргын; үтүгэн түгэҕэр түһүөм дуу – онно эмиэ Эн бааргын.
Айыы Тойон баттаммыты өрө таһаарар, оттон хара дьайдааҕы сиргэ-буорга быраҕар.
Айыы Тойон, мин таптаатым Эн олорор Дьиэҕин, Эн кэрэмэн килбиэниҥ сатыылаабыт сирин.
Суолгун Айыы Тойоҥҥо туттар, Киниэхэ эрэн, оччоҕо көмөлөһүөҕэ.
Хуор салайааччытыгар. Флейта доҕуһуолунан. Давид үөрэтиитэ.
Эн улуугун, сөҕүмэр дьайыылары оҥороҕун, Эйигиттэн атын Таҥара суох.
Оттон Сион туһунан этиэхтэрэ: «Ол да, бу да киһи сибэтиэй хайаҕа төрөөбүттэрэ; Үрдүктэн Үрдүк Сиону Бэйэтинэн бөҕөргөппүтэ».
Кинини ытыктыыр дьоҥҥо Таҥара удьуортан удьуорга амарах сыһыаннаах.