2 Эҥкилэ суох көнө суолу эрэ саныам. Оо, хаһан Эн миэхэ кэлэҕин? Мин ыраас сүрэхтээх сылдьыаҕым дьиэм-уотум иһигэр;
Оччоҕо мин Таҥара сиэртибэнньигэр, дьолум-үөрүүм Таҥаратыгар тиийиэҕим, арфаны дьүрүһүтэн, Эйигин айхаллыаҕым, Айыы Таҥара, мин Таҥарам.
Ыллааҥ Айыы Тойоҥҥо, алҕааҥ Кини аатын; күн аайы иһитиннэриҥ Кини биһигини быыһаабытын.
Айыы Тойоннуун биир буолбут олоххутугар өрүүтүн үөрэ сылдьыҥ, өссө төгүл этэбин: үөрүҥ-көтүҥ.