8 Уруулара киһи: «Эн атыылас», – диэн баран атаҕын таҥаһын устан, Воозка биэрбитэ.
Израиль былыргы үгэһинэн, атыылаһар быраабын атын киһиэхэ биэрэр киһи, илии охсуспутун бигэргэтэн, атаҕын таҥаһын устан ылан, ол илии охсуһар киһитигэр биэрэрэ. Израиль дьоно ылсар-бэрсэр кэпсэтиилэрин итинник бигэргэтэллэрэ.
Вооз, аттыгар олорор аҕа баһылыктарга уонна онно баар дьоҥҥо барыларыгар туһаайан, эппитэ: «Билигин эһиги туоһу буолаҕыт: мин Ноеминьтан Елимелех, Хилеон уонна Махлон бас билиилэрин барытын атыылаһан ылабын.