Руфь 3:9 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ9 «Кимҥиний?» – диэн ыйыппыта Вооз. «Кулутуҥ Руфь, – диэбитэ дьахтар. – Бука диэн, кулуккун, миигин, кынатыҥ анныгар киллэр. Эн миэхэ көмөлөһүөхтээх уруум эбиккин». အခန်းကိုကြည့်ပါ။ |
Итини мин эйиэхэ этиэхтээхпин дии саныыбын. Эн ити сири билигин, бу олорооччулар уонна куорат аҕа баһылыктара көрөн олордохторуна, киниттэн атыылаһан ылыаххын сөп. Баҕарар буоллаххына атыылас, баҕарбат буоллаххына миэхэ эт. Мин ону билиэх тустаахпын. Ити сири бастакынан атыылаһар бырааптаах эн буолаҕын, мин эн кэннигиттэн иккиспин». «Мин атыылаһабын», – диэн хардарбыта киһи.