18 Ноеминь эппитэ: «Билигин, тоойуом, кэтэс. Ити барыта хайдах түмүктэнэрэ сотору биллиэ. Ол киһи саҕалаабытын бүтэрэ илигинэ уоскуйуо суоҕа».
«Бу кини, ийэ хотуҥҥар кураанах төннүмэ диэн, миэхэ алта мээрэй нэчимиэни биэрэн ыытта», – диэбитэ.
Вооз дьон-сэргэ тоҕуоруһар сиригэр куорат олбуорун ааныгар тиийэн олорбута. Арай көрбүтэ, били кини Руфька кэпсээбит уруулара киһи ааһан эрэрэ. Вооз кинини: «Кэлэн, манна аттыбар олор», – диэн ыҥырбыта. Киһи кэлэн кини аттыгар олорбута.