17 Эн ханна өлөҕүн да, мин эмиэ онно өлүөм, аттыгар көмүллүөм. АЙЫЫ ТОЙОН миигин хайдах да дьарыйдын, биһигини өлөр өлүү эрэ араарыаҕа».
сир уһугар тиийэ сэриини тохтотон, Кини ох саалары тоһутар, үҥүүлэри булгурутар, куйахтары уокка уматар.
Варнава онно тиийэн, Таҥара кинилэргэ биэрбит илгэлээх үтүөтүн көрөн, үөрбүтэ уонна барыларын ис сүрэххититтэн Айыы Тойоҥҥо итэҕэллээх буолуҥ диэн ыҥырбыта.
Ол эрээри мин туохтан да торуттан турбаппын, олохпун да биэрэрбин кэрэйбэппин. Биэтэккэ эрэ тиийдэрбин, Айыы Тойон Иисустан ылбыт сулууспабын толорон, Таҥара илгэлээх үтүөтүн туһунан Евангелиены иһитиннэрдэрбин диэн эрэ баҕалаахпын!
Руфь ийэ хотунугар эппитэ: «Миигин эйигин быраҕан барарга, дойдубар төннөргө күһэйимэ. Эн ханна бараҕын да, мин эмиэ онно барыам. Эн ханна хаалаҕын да, мин эмиэ онно хаалыам. Онон эн норуотуҥ мин норуотум буолуо, эн Таҥараҥ мин Таҥарам буолуо.
Уолчаан күүскэр күүс эбиэ, кырдьар сааскар көрүө-истиэ. Эйигин таптыыр, сэттэ да уоллааҕар ордук көмөлөһөр кийиитиҥ кинини төрөттө эбээт!»