12 Төннүҥ, кыргыттарыам, мин кырыйдым, аны эргэ тахсар кыаҕым суох. Арай миэхэ эрэл кыыма өссө да баар диэн, бу киэһэ эргэ тахсан уолаттары төрөтөр буолуум.
Огдооболор испииһэктэригэр алта уонуттан итэҕэһэ суох саастаах биирдэ эрэ эргэ тахса сылдьыбыт дьахтар киллэриллиэхтээх;
«Кыргыттарыам, төннүҥ, – диэбитэ Ноеминь. – Миигин кытта тоҕо барсаҕытый? Ол мин аны кэлэн эһигини ойох ылар уолаттары төрөтүөм үһү дуо?
Ама эһиги ол уолаттар улааталларын кэтэһиэххит этэ дуо? Эбэтэр тиэтэйбэккэ, кинилэри кэтэһэн эргэ тахсыбакка хаалыа этигит дуу? Кэбис, кыргыттарыам, АЙЫЫ ТОЙОН уордайан миигин утары турда, онон мин эһигини олус аһынабын».