5 Ыарыһахха туох диир чэпчэкиний: аньыыҥ-хараҥ бырастыы буолла диир дуу, эбэтэр туран хаамп диэн этэр дуу?
Онно Киниэхэ хас да киһи тэллэххэ сытар босхоҥ киһини аҕалбыттара. Иисус кинилэр итэҕэллэрин көрөн, ыарыһахха эппитэ: «Эрдий, тоойуом! Аньыыҥ-хараҥ бырастыы буолла».
Ол эрээри эһиги Киһи Уола сиргэ аньыыны-хараны бырастыы гынар кыахтааҕын билэргит туһугар», – инньэ диэн баран ыарыһахха эппитэ: «Туран тэллэххин ылан, дьиэҕэр бар».
Иисус, кинилэр итэҕэллэрин көрөн, босхоҥ киһиэхэ: «Тоойуом! Аньыыҥ-хараҥ бырастыы буолар», – диэбитэ.
Кинилэр итэҕэллэрин көрөн, Иисус ол киһиэхэ: «Эн аньыыҥ-хараҥ бырастыы буолар», – диэбитэ.
Онтон дьахтарга: «Эн аньыыҥ-хараҥ бырастыы буолар», – диэбитэ.
Бу көрөр, бэркэ билэр ыарыһах киһигитин Иисус аата, Кини биэрбит итэҕэлэ сибилигин, бары көрөн турдаххытына, үтүөртэ.
«Эней! Иисус Христос эйигин үтүөрдэр, туран тэллэххин хомуй», – диэбитэ Петр. Эней сонно туран кэлбитэ.