37 Ол иһин үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Үүнүү өлгөм эрээри, үлэһит аҕыйах,
Астан туттунан дууһабын сыһытаммын, мин кинилэртэн хоруотанар буоллум.
Халлаан Саарыстыбатын өссө маннык холобурдуохха сөп: биир хаһаайын сарсыарда эрдэ винограднигар үлэһиттэри наймылыы тахсыбыт.
Онон бараҥҥыт, бары норуоттары Мин үөрэнээччилэрим буолалларыгар уһуйуҥ. Кинилэри Аҕа, Уол, Сибэтиэй Тыын аатыгар сүрэхтээҥ уонна
онон үүммүт бурдук Тойонуттан, бурдугун быстара, үлэһиттэри ыытарыгар көрдөһүҥ».
Итиэннэ кинилэргэ эппитэ: «Эһиги аан дойду устун сылдьан бар дьоҥҥо Евангелиены иһитиннэриҥ.
баралларыгар эппитэ: «Бурдук үүнүүтэ өлгөм, ол гынан баран бурдук быһааччы аҕыйах, онон буспут бурдук Тойонуттан бурдугун быһыытыгар үлэһиттэри ыытарыгар көрдөһүҥ.
Иерусалимтан ыла саҕалаан, аньыыны-хараны бырастыы гыннарарга, аньыыны билинэн Таҥараҕа эргиллэргэ бары омуктары Кини аатыттан үөрэтиллиэхтээх.
Арай Павел түүн көрүү көрдөҕүнэ, биир Македония киһитэ: «Македонияҕа кэлэн биһиэхэ көмөлөс!» – диэн ааттаһа турара.
Мин эйигинниин бииргэбин, онон ким да эйиэхэ туох да куһаҕаны оҥоруо суоҕа – бу куоракка Мин киһим элбэх».
Биһиги Таҥараҕа бииргэ сулууспалыыр үлэһиттэрбит, оттон эһиги Таҥара сонуога, Таҥара тутуута буолаҕыт.
Биһиги, Таҥара үлэтин толорсор дьон, Киниттэн бэлэх ылбыт илгэлээх үтүөҕүтүн халтайга хаалларымаҥ диэн, эһигиттэн көрдөһөбүт.
Иуст диэн ааттаах Иисус эмиэ эҕэрдэ ыытар. Иудейдартан бу кинилэр эрэ, миигинниин бииргэ Таҥара Саарыстыбатын туһугар сулууспалааннар, миэхэ улахан өйөбүл буолаллар.
Сиэркэби сатаан салайар пресвитердэр, чуолаан үөрэтэр-иитэр дьон, икки бүк ытыктабылга сылдьыахтаахтар.
Бааһынаҕытын көрбүт-харайбыт үлэһиттэргит хамнастарын төлөөбөккөҕүт, ити энэлийэр саҥалара эҥсиллэр, кинилэр энэлгэннэрэ хайыы-үйэ Айыы Тойон Саваоф кулгааҕар тиийдэ!