Biblia Todo Logo
အွန်လိုင်း သမ္မာကျမ်းစာ

- ကြော်ငြာတွေ -




Матфей 9:27 - Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ

27 Иисус мантан баран эрдэҕинэ, кэнниттэн хараҕа суох икки киһи батыспыттара. Кинилэр: «Иисус, Давид Уола, абыраа биһигини!» – диэн үөгүлэһэ испиттэрэ.

အခန်းကိုကြည့်ပါ။ ကော်ပီ




Матфей 9:27
24 ပူးပေါင်းရင်းမြစ်များ  

Давидтаах Авраам удьуордарын Иисус Христос төрдө-ууһа:


Хараҕа суохтар харахтаналлар, доҕолоҥнор атахтаналлар, араҥ ыарыылаахтар ырааһыраллар, дьүлэйдэр истэр буолаллар, өлбүттэр тиллэллэр, оттон дьадаҥылар Үөрүүлээх Илдьити истэллэр.


Ол дойдуга олохтоох хананей омук дьахтара Киниэхэ кэлэн: «Тойонуом, Давид Уола, абыраа! – диэн хаһыытаабыта. – Кыыһым абааһыга буулатан, сору көрдө».


«Тойонуом, уолбун абыраа! Оҕом саҥа ый төрүүрүгэр тартаран сору көрөр, сотору-сотору уокка да түһэр, ууга да ыстанар.


Иерихонтан тахсалларыгар кэннилэриттэн дьон халҕаһалыы анньан батыһан барбыттара.


Архиерейдар уонна сокуонньуттар, Кини оҥорор дьикти дьайыыларын көрөн, итиэннэ оҕолор Таҥара Дьиэтин иһигэр: «Давид Уолугар осанна!» – диэн хаһыытыылларын истэн, абаран эппиттэрэ:


Иисус иннигэр-кэннигэр иһэр дьон халыҥ халҕаһалара: «Осанна Давид Уолугар! Айыы Тойон аатыгар Кэлэн Иһээччи алгыстаах! Осанна мэҥэ халлааҥҥа!» – диэн хаһыытаһаллара.


Дьиэҕэ киирбитигэр хараҕа суохтар Киниэхэ чугаһаан кэлбиттэрэ. «Эһиги Миигин үтүөрдэр кыахтаах диэн итэҕэйэҕит дуо?» – Иисус кинилэртэн ыйыппыта. «Итэҕэйэн, Тойоммуот!» – дэспиттэрэ иккиэн.


Аҕабыт Давид кэлэн иһэр Саарыстыбата алгыстаах! Осанна мэҥэ халлааҥҥа!»


Оҕобун өлөрөөрү, элбэх төгүл ууга да, уокка да түһэрэ сатаабыта; Эн тугу эмэ кыайан оҥоруох буоллаххына, биһигини аһын, көмөлөс».


«Иисус Үөрэтээччи! Биһигини абыраа!» – диэн үөгүлэспиттэрэ.


Иисус кинилэргэ эппитэ: «Христоһу тоҕо Давид Уола диэн ааттыылларый?


Бу кэмҥэ Иисус элбэх киһини ыарыыттан, кыаммат буолууттан, куһаҕан тыыннартан үтүөрдүбүтэ, үгүс хараҕа суохтарга күн сырдыгын бэлэхтээбитэ.


Христос Давид удьуоруттан, Вифлеемтэн, Давид төрөөбүт-үөскээбит сириттэн кэлиэ диэн Суруйууларга этиллибэтэҕэ этэ дуо?»


кинилэр улуу төрүттэрдээхтэр, үйэттэн үйэҕэ алгыстаах, баартан барытыттан үрдүк Таҥара – Христос – эмиэ кинилэр ортолоругар төрөөбүтэ, аминь.


ကြှနျုပျတို့နောကျလိုကျပါ:

ကြော်ငြာတွေ


ကြော်ငြာတွေ