30 Кинилэртэн тэйиччи соҕус элбэх сибиинньэ мэччийэ сылдьара.
Сибэтиинэни ыкка биэримэҥ – ыт бэйэҕитигэр саба түһүөҕэ; чөмчүүгү сибиинньэҕэ ыһымаҥ – сиргэ-буорга тэпсиэҕэ.
«Таҥара Уола, Иисус, Эн биһиэхэ тугуҥ кыһалҕатай? – диэн иккиэн хаһыытаспыттара. – Эн биһигини манна кэмин иннинэ сордуу кэлбиккин!»
Абааһылар Киниттэн көрдөспүттэрэ: «Эн биһигини мантан үүрэн таһаарар буоллаххына, ити сибиинньэ үөрүгэр ыыт».
Онно хайа эниэтигэр сибиинньэ халыҥ үөрэ мэччийэ сылдьара.
Онно хайа үрдүгэр улахан сибиинньэ үөрэ мэччийэ сылдьара. Абааһылар сибиинньэлэргэ киирэрбитин көҥүллээ диэн көрдөспүттэрэ. Иисус көҥүллээбитэ.