3 Иисус илиитин уунан кинини таарыйан баран: «Ырааһырыаххын баҕарабын, ырааһыр!» – диэбитэ. Киһи сонно тута үтүөрэн хаалбыта.
Кэлиҥ, бэйэҕит билиҥ Айыы Тойон хайдахтаах үтүөтүн! Ким Киниэхэ эрэнэр, ол дьоллоох.
Итиэннэ били киһиэхэ: «Илиигин уун», – диэбитэ. Киһи уунаатын, сонно илиитэ өлүөр илиитин курдук чөлүгэр түһэн хаалбыта.
Иисус ыарыһаҕы аһынан, илиитин уунан таарыйан баран: «Ырааһырыаххын баҕарабын, ырааһыр!» – диэбитэ.
Кини туран тыалы буойан муораҕа: «Уурай, тохтоо!» – диэтин кытта, сонно тута тыал сэллээн, улуу чуумпу буолбута.
«Талифа куми!» – диэбитэ. (Ол аата, тылбаастаатахха, «Кыысчаан, эйиэхэ этэбин, тур!»)
итиэннэ халлаан диэки көрөн туран, үөһэ тыынан баран: «Еффафа!» («Чөллөрүй!») – диэбитэ.
Иисус дьон саба сырсан иһэллэрин көрөн, быртах тыыны боппута: «Тыла суох дьүлэй тыын! Эйиэхэ этэбин: киниттэн таҕыс уонна хаһан да киниэхэ кииримэ!»
эмиэ ити курдук Елисей пророк саҕана Израиль сиригэр араҥ ыарыылаах киһи элбэх этэ эрээри, Сирия киһититтэн Неемантан ураты ким даҕаны үтүөрбэтэҕэ».
Иисус илиитин уунан киһини таарыйан баран: «Ырааһырыаххын баҕарабын, ырааһыр!» – диэбитэ. Сонно киһи араҥ ыарыыта сүтэн хаалбыта.
чугаһаан кэлэн хоруобу таарыйбыта, онуоха көтөҕөн иһээччилэр тохтообуттара; Иисус эппитэ: «Эдэр киһи, эйиэхэ этэбин – тур!»
Инньэ диэн баран, Иисус күүстээх куолаһынан: «Лазарь, таҕыс!» – диэн ыҥырбыта.
Атын ким да кыайан оҥорботун Мин кинилэргэ оҥорботоҕум буоллар, кинилэр аньыыга киириэ суох этилэр; оттон билигин ону барытын көрөн да баран, Миигин да, Аҕабын да абааһы көрбүттэрэ.
Аҕата өлбүттэри тилиннэрэн, олоҕу биэрэринии, Уола эмиэ кими баҕарбытын тилиннэрэр.