29 «Таҥара Уола, Иисус, Эн биһиэхэ тугуҥ кыһалҕатай? – диэн иккиэн хаһыытаспыттара. – Эн биһигини манна кэмин иннинэ сордуу кэлбиккин!»
Кинини тургутар адьарай кэлэн: «Эн Таҥара Уола буоллаххына, бу таастары килиэпкэ кубулуйуҥ диэн бирикээстээ», – диэбитэ.
Кинилэртэн тэйиччи соҕус элбэх сибиинньэ мэччийэ сылдьара.
«Һуой, Эн биһиэхэ тугуҥ кыһалҕатай, Назарет Иисуһа? – диэн хаһыытаабыта. – Биһигини үрэйэ кэлбиккин! Эн Кимҥин билэбин: Эн Таҥара Сибэтиэйинэҕин!»
Быртах тыыннар, Кинини көрдөхтөрүнэ, иннигэр охтон түһэллэрэ уонна: «Эн Таҥара Уолунаҕын!» – диэн хаһыытаһаллара.
күөмэйин муҥунан: «Эн миэхэ тугуҥ кыһалҕатай, Иисус, Үрдүк Таҥара Уола? – диэн үөгүлээбитэ. – Таҥара туһугар Эйигиттэн ааттаһабын, миигин муҥнаама!»
«Һуой, Эн биһиэхэ тугуҥ кыһалҕатай, Назарет Иисуһа? Биһигини үрэйэ кэлбиккин! Кимҥин мин билэбин, Эн Таҥара Сибэтиэйэҕин!»
Үгүстэртэн абааһылар хаһыытаабытынан тахсан бараллара уонна: «Эн Христоскун, Таҥара Уолаҕын!» – дииллэрэ. Иисус, Кини Христос буоларын билэллэрин иһин, абааһылар саҥаралларын кытаанахтык боборо.
Ол киһи Иисуһу көрөөт, иннигэр умса түһэн баран, күөмэйин муҥунан хаһыытаабыта: «Эн Миэхэ тугуҥ кыһалҕатай, Иисус, Үрдүк Таҥара Уола? Эйигиттэн ааттаһабын, миигин муҥнаама!»
«Эн биһикки онно туохпут кыһалҕатай? – диир Киниэхэ Иисус. – Мин кэмим өссө да кэлэ илик».
Кини Павелы уонна биһигини батыһа сылдьан: «Бу дьон Үрдүктэн Үрдүк Таҥара кулуттара! Кинилэр биһиэхэ быыһанар суолу иһитиннэрэллэр!» – диэн хаһыытыыра.
Эн Таҥара биир диэн итэҕэйэҕин. Бэрт сөп, абааһылар эмиэ итэҕэйэллэр, бэл кутталларыттан салыбырас буолаллар.
Таҥара аньыыны оҥорбут аанньаллары бэл харыһыйбатаҕа: кинилэри үтүгэн түгэҕин им балай хараҥатыгар хаайан, Дьүүл Күнүн кэтэһиннэрэн сыаптаан сытыарбыта;
оттон дьоһун былаастарын харыстаабакка, олорор эйгэлэрин хаалларан барбыт аанньаллары, Дьүүл улуу Күнэ үүнүөр диэри, алларааҥҥы им-балай түгэҕэр үйэлэр тухары сыаптаан сытыарар.